"Билиигинэн -кыайыаҥ" видеопрезентация
Бүгүн — Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнэ Сэтинньи 13 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев төрөөбүтэ 89 сыла туолар. Михаил Ефимович 1937 сыллаахха Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1991–2002 сылларга өрөспүүбүлүкэни салайбыта, Саха сирин судаарыстыбаннаһын олохтообута. Экономика, үөрэх, култуура уонна успуорт сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбитэ. Кини көҕүлээһининэн «Азия оҕолоро» оонньуулар тэриллибиттэрэ. Бастакы Президеммит сырдык аата норуот өйүгэр-сүрэҕэр өрүү тыыннаах. Махтал уонна ытыктабыл! 🕊 #МихаилНиколаев #БастакыПрезидент #СахаСирэ #Якутия
Название:
"Билиигинэн -кыайыаҥ" видеопрезентация
Категория:
Культура